поиск по этому блогу
24 мая 2024 г.
Субуотунньук.
Ыам ыйын 22 күнэ Самаан сайыны көрсө Ньукуолун күнэ уонна Сайылыкка көһүү күнэ.
,
Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕииитэн олорор өбүгэлэрбит уһун, тымныы кыһын кэнниттэн баччаларга, от-мас тыллыыта, сүөһүлэрин-астарын илдьэ кыстыктарыттан сайылыкка көһөн тахсар үгэстээхтэрэ. Сайылыкка тахсыбыт күҥҥэ ыал барыта алаадьы буһарынара, кус сииллэрэ, сири-дойдуну аһаталлара, оҕо-уруу этэҥҥэ сылдьарын, сүөһү-ас этэҥҥэ турарын, уйгуну-быйаҥы биэрэрин туһугар Үрдүкү Айыылартан көрдөһөллөрө.
17 мая 2024 г.
Ыам ыйын 15 кунэ-Аан дойдуга дьиэ кэргэн кунэ
Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо саас, Нам улууһугар оҕо спордун,Фрунзе нэһилиэгэр дьиэ кэргэн сомоҕолоһуутун сылларынан уонна ыам ыйын 15 кунугэр Аан дойдуга дьиэ кэргэн күнүн чэрчитинэн нэһилиэкпитигэр "Дьиэ кэргэн норуот кэскилэ - оҕо туруктаах уйулҕатын биһигэ" диэн олус ураты хабааннаах тэрээһин буолан ааста. "Иллэҥ кэм дьарыга" быыстапка турда. Манна нэһилиэкпит дьоно бары кыттыыны ылла, араас мал-сал, былыргы тэриллэр, таҥастар, бэл тимэхтэртэн саҕалаан былыргы таҥастарыгар, оонньуурдарыгар, араас харчы араастара уо.д.а. маллары көрдүбүт, сэргэхсийдибит. Түөрт араас маастар-кылаастар буоллулар, дьон сэҥээрэн опыт бөҕө ылбытын биллэрдэ. Маныаха , араас амтаннаах сахалыы утахтары амсайдыбыт, биһирээтибит. Кырачаан оҕолорбут муода көрдөрөн, спортивнай көрдөөх стартар буоллулар, мэтээл кэтэн, бэлэх ылан өттүк харалаах тарҕастылар. бэртээхэй,сэргэх тэрээһин тэрийсэн нэһилиэкпит олохтоохторо сэргэхсийдилэр, астыннылар, дуоһуйа сынньаннылар.
8 мая 2024 г.
Улуу Кыайыы 79 сыла!
Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө нэһилиэкпитигэр быыстапка турда. Ыам ыйын 9 күнэ — дойдубут бары олохтоохторугар дириҥ өйдөбүллээх ытык күн. Бу күн сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн туран Аан дойдуну өстөөхтөн босхолообут кыайыылаах көлүөнэҕэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит!
Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
Бүгүҥҥү Ытык бырааһынньыгынан эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни, ыраас халлааны, дьолу-соргуну, баай-талым олоҕу баҕарабыт!
Чаҕылҕан чаҕылхай талаана-Илья Дорофеевич Винокуров 110 сыла.
Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан 110 сылын бэлиэтээн кинигэ быыстапката турда,литературнай чаас буолла, ытык кырдьаҕастарбыт хоһоон ааҕан иһитиннэрдилэр, айымньыларын тула ырытыы, кэпсэтии буолан ааста.
26 апреля 2024 г.
27 апреля- день Республики Саха (Якутия)
Одним из инициаторов образования автономии в Якутии явился советский государственный и партийный деятель М. К. Аммосов, который поставил вопрос об образовании Якутской АССР перед Центральным Комитетом партии и Народным комиссариатом по делам национальностей РСФСР. В июне 1921 г. областное партийное собрание, заслушав доклад Аммосова о решении Народного комиссариата по делам национальностей РСФСР по вопросу о Якутской автономии, приняло резолюцию об осуществлении автономии. 3 октября был открыт I съезд революционных комитетов Якутии, который поддержал идею образования автономной республики и вынес постановление о проведении выборов в Советы в ноябре 1921 г. Государственно-правовое оформление автономной республики завершилось постановлением Президиума ВЦИК от 27 апреля 1922 г. 1 июня 1922 г. было создано первое национальное советское правительство во главе с П. А. Ойунским.
29 марта 2024 г.
15 февраля 2024 г.
" ТЕАТР. ЯКУТИЯ. ЛЕНИНГРАД " кинигэ сүрэхтэниитин тэрээһинэ.
Ленинград блокадатыттан босхолонуу 80 сылынан " ТЕАТР. ЯКУТИЯ. ЛЕНИНГРАД " кинигэ туһунан сэргэх кэпсэтии буолан ааста. Иван Гаврильевич Ядрихинский кэлэн кинигэ тахсыытын туһунан Татьяна Кондратьевна Ядрихинская туһунан кэпсээтэ уонна Фрунзе библиотекатыгар кинигэни бэлэх уунна.
Олунньу ый 13 күнүгэр Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүнэн сахалыы дьыктаан сурулунна.
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн школа-сад учуутала Варвара Николаевна Макитова дьыктаан суруттарда. Ону таһынан 3 хамаандалаах " омук күүһэ өйүгэр-өйүн күүһэ тылыгар " диэн интеллектуальнай тургутук ооньуу буолла.Кыттыылаахтарга туоһу сурук туттарылынна.
26 января 2024 г.
Ленинград блокадата босхоломмута 80 сыла!
Ленинград блокадатын уһуллуутун күнүнэн уонна биир дойдулаахпыт Татьяна Кондратьевна Ядрихинская Ленинград блокадатын кыттыылааҕа уонна кини дьүөгэтэ Татьяна Матвеевна Монастырева туһунан быыстапка турда.
Тохсунньу ый 27 күнүгэр, 1944 сыллаахха Ленинград куорат фашист блокадатыттан босхоломмут күнэ. Историяҕа биллэринэн Аҕа дойду сэриитин кэмигэр блокада 1941 сыл балаҕан ыйын 8 күнүттэн саҕалаан барыта 872 түүннээх күн саҕаламмыта. Ол тухары олохтоохтор, өлүүнү-сүтүүнү ааспыттарын киһи эрэ ытырыктата саныыр. Бу ыар кэмнэргэ Нам улууһуттан төрүттээх Ленинград куоратыгар Островскай аатынан театральнай институтка үөрэнэ сылдьар Татьяна Кондратьевна Ядрихинская уонна Татьяна Матвеевна Монастырева буолан кыттыыны ылбыттара. Хомойуох иһин Татьяна Монастырева төннүбэтэҕэ. Татьяна Кондратьевна дьөүгэтигэр Таанньаҕа "Кэллим соҕотоҕун" диэн хоһоонун анаабыта.
30 ноября 2023 г.
13 ноября 2023 г.
Михаил Ефимович Николаев төрөөбүтэ 86 сыла.
10 ноября 2023 г.
Комсомол үбүлүөйдээх 105 сыла уонна Сомоҕолоһуу күнэ!
Нэһилиэкпитигэр Комсомол үбүлүөйдээх 105 сылын уонна Сомоҕолоһуу күнүн чэрчитинэн "ЭН КОМСОМОЛ - МИН ДЬОЛУМ" диэн интеллектуальнай тургутук оонньуу буолан ааста. Бу оонньуу күрэҕэр кыттыыны ыллылар: Оскуола-сад хамаандата, АО "НКТЭ" хамаандата, Олохтоох дьаһалта хамаандата уонна Аҕам саастаахтарбыт түмсүүлэрин хамаандата ситиһиилээхтик кыттаннар бириистээх үөрэн-көтөн тарҕастылар. Маныаха комсомол уонна сомоҕолоһуу быыстапка сырдатыыта буолла, бу быыстапка нэдиэлэ устата турда, олохтоохтор ураты быыстапканы көрөн сөҕө махтайдылар. Ону тэҥэ бары күргүөмүнэн "Эн комсомол - мин дьолум" диэн ырыаны ыллаатыбыт.